Башкортостанucactile. declavatommait77

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтэ
Республика Башкортостан
Башҡортостан Республикаһы


Flag of Bashkortostan.svg Coat of Arms of Bashkortostan.svg
Башкортостан былааҕа Башкортостан дьаралыга
Map of Russia - Republic of Bashkortostan (2008-03).svg
Киин куорат Уфа
Иэнэ 142 947 км²
Дьонун ахсаана 4 060 000 (2009)
Федеральнай уокуруга Волга
Экономическай оройуона Урал
Ил тыла башкорт, нуучча
Президент Муртаза Рахимов
Премьер миниистир Раиль Сарбаев
Ил Түмэн баhылыга Константин Толкачёв
Кэм зоната Халыып:MSK+2
Bashkir03.png

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтэ (нууч. Республика Башкортостан, башк. Башҡортоста́н Респу́бликаһы) диэн Арассыыйа Федерациятын республиката, Арассыыйа Федерациятын субъега, Волга федерал уокуругун састаабыгар киирэр.

Киинэ — Уфа.

Кирбиилэhэр Татарстаанныын, Удмуртиялыын, Пермь кыраайыныын, Свердловскай уобалаhыныын, Челябинскай уонна Оренбург уобаластарыныын.

Кулун тутар 23 1919 тэриллибитэ.

Ис хоһооно

  • 1 Географията
    • 1.1 Кэм зоната
    • 1.2 Өрүстэр
    • 1.3 Күөллэр
    • 1.4 Хайалар
    • 1.5 Сир баайдара
    • 1.6 Климата
  • 2 Дьоно
    • 2.1 Омуктар
    • 2.2 Олохтоох пууннара
  • 3 Дьаһалтаннан арахсыыта
  • 4 Экономиката

Географията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Башкортостан соҕуруу Уралга баар.

  • Иэнэ: 143,600 км²
  • Үрдүкү чыпчаала: Ямантау хайа (1,638 м).
  • Хоту-соҕуруу уhуна: 550 км.
  • Илин-арҕаа уhуна: 430 км.

Кэм зоната[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

RTZ4.png

Башкортостан Екатеринбург кэм зонатыгар (YEKT/YEKST) сытар. UTC уларыйыыта +0500 (YEKT)/+0600 (YEKST).

Өрүстэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Республикаҕа 13,000 тахса өрүс баар. Элбэх өрүс Балтик уонна Хара байҕаллар порттарыныын уу транспорт ситимнээхтэр.

Сүрүн өрүстэр:

  • Агидел (1,430 км)
  • Караидел (918 км)
  • Сакмара (760 км)
  • Ик (571 км)
  • Дим (556 км)
  • Ай (549 км)
  • Йүрүзэн (404 км)
  • Танып (345 км)
  • Сим (239 км)
  • Нугуш (235 км)
  • Таналык (225 км)
  • Зилим (215 км)
  • Сөн (209 км)

Күөллэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2,700 күөл уонна резервуар баар. Сүрүн күөллэр уонна резервуардар:

  • Асылыкүл (23.5 км²)
  • Кандрыкүл (15.6 км²)
  • Ургун (12.0 км²)
  • Павловское резервуар (120.0 км²)
  • Нугушское резервуар (25.2 км²)

Хайалар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр соҕуруу Урал сорох өттө сытар. Үрдүкү хайалар:

  • Ямантау (1,638 м)
  • Большой Иремел (1,582 м)
  • Малый Иремел (1,449 м)
  • Арвякрязь (1,068 м)
  • Зилмердак (909 м)
  • Алатау (845 м)
  • Юрматау (842 м)

Сир баайдара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Башкортостаан Өрөспүүбүлүкэтэ минерал ресурстарынан Арассыыйа Федерациятын биир баай субъега буолар. Башкортостан баай ниэп хаhаастардаах. Атын сир баайдара: айылҕа гааhа, чох, тимирдээх металлаах руда, манган, хромит, тимир руда, тимирэ суох металлаах уонна метала суох рудалар.

Башкортостаан маhынан баай. Ойуурдаах сирин иэнэ 62,000 км².

Элбэх минераал, эмтээх уонна иhэр уу дьүүктэлэрэ бааллар.

Климата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Сыллааҕы орто температура: 0,3 °C (хайаларга) — 2,8 °C (сыһыыларга)
  • Тохсунньу орто температурата: −16 °C
  • От ыйын орто температурата: +18 °C

Дьоно[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Өррөспүүбүлүкэ олохтоохторун ахсаана 4057,3 тыh. к. (2009). Дьон чиҥэ — 28,4 к./км² (2009), куорат олохтоохторо — 59,8 % (2009) (59,7 % — 2005).

Омуктар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2002 туругунан, өрөспүүбүлүкэ омуктара:

Омук 2002 сыллааҕы ахсаана,
киhи (бүтүн олохтоохтортон %)
Нууччалар 1 490 715 (36,3 %)
Башкорттар 1 221 302 (29,76 %)
Татаардар 990 702 (24,14 %)
Чуваштар 117 317 (2,86 %)
Марилар 105 829 (2,6 %)
Украиннар 55 249 (1,3 %)
Мордвалар 26 020 (0,6 %)
Удмурттар 22 625 (0,6 %)
Беларустар 17 117 (0,4 %)
Эрмээннэр 8 784
Ниэмэстэр 8 250
Узбектар 5 145
Азербайдьаннар 5 026
Кряшеннар 4 510
Омуктарын эппэтэхтэр 4 366
Казахтар 4 092
Тадьиктар 2 939
Дьэбэриэйдэр 2 367
Латыштар 1 508
Грузиннар 1 341
Вьетнамнар 1 204
Чеченнар 1 195
Молдовалар 1 069
Гректар 1 038

Бүтүннүүтэ Башкортостааҥҥа 100 тахса омук олорор.

Олохтоох пууннара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

10 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар (тыh. к.)
Тохсунньу 1 2009 туругунан
Уфа 1024,0 Янаул 27,5
Стерлитамак 273,0 Давлеканово 24,6
Салават 155,8 Чишмы 21,9
Нефтекамск 130,4 Приютово 21,0
Октябрьский 109,0 Раевский 19,4 (2006)
Белорецк 68,3 Агидель 19,0
Ишимбай 68,1 Баймак 16,9
Сибай 66,5 Межгорье 16,6
Туймазы 65,7 Иглино 13,9 (2003)
Кумертау 62,5 Кандры 12,2 (2003)
Мелеуз 61,8 Красноусольский 11,8 (2003)
Белебей 61,1 Чекмагуш 11,2 (2003)
Бирск 41,9 Кушнаренково 10,6 (2003)
Учалы 39,8 Серафимовский 10,3 (2003)
Благовещенск 33,6 Толбазы 10,2 (2003)
Дюртюли 31,2

Дьаһалтаннан арахсыыта[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Өрөспүүбүлүкэҕэ

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин административнай хаартата
Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннара
1 Абзелиловский 28 Ишимбайский
2 Альшеевский 29 Калтасинский
3 Архангельский 30 Караидельский
4 Аскинский 31 Кармаскалинский
5 Аургазинский 32 Кигинский
6 Баймакский 33 Краснокамский
7 Бакалинский 34 Кугарчинский
8 Балтачевский 35 Кушнаренковский
9 Белебеевский 36 Куюргазинский
10 Белокатайский 37 Мелеузовский
11 Белорецкий 38 Мечетлинский
12 Бижбулякский 39 Мишкинский
13 Бирский 40 Миякинский
14 Благоварский 41 Нуримановский
15 Благовещенский 42 Салаватский
16 Буздякский 43 Стерлибашевский
17 Бураевский 44 Стерлитамакский
18 Бурзянский 45 Татышлинский
19 Гафурийский 46 Туймазинский
20 Давлекановский 47 Уфимский
21 Дуванский 48 Учалинский
22 Дюртюлинский 49 Федоровский
23 Ермекеевский 50 Хайбуллинский
24 Зианчуринский 51 Чекмагушевский
25 Зилаирский 52 Чишминский
26 Иглинский 53 Шаранский
27 Илишевский 54 Янаульский

Экономиката[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Индустриятын тутаах салаалара — ниэп хостооhуна (индустрия оҥоhугун 23 %) (Башнефть) уонна ниэп оҥоруута (20 %); химия уонна ниэп химията (16 %) (Салаватнефтеоргсинтез, Уфанефтехим, Уфимский НПЗ, Ново-Уфимский НПЗ, Уфаоргсинтез, Приютовский уонна Туймазинский ГПЗ).

Электроэнергетика (индустрия оҥоhугун 13 %).

Онтон ураты мас таҥастааhынын уонна тутуу материалларын индустриялара бааллар. Индустрия бөдөҥ кииннэрэ — Уфа, Стерлитамак, Салават, Нефтекамск, Туймазы, Октябрьский, Белорецк. Массыына оҥоруута уонна металл чочуйуута сайдыылаахтар.

Тыа хаhаайыстыбата — бурдук үүнээйилэр уонна сүөһү иитиитэ. Сэлиэhинэй, оруос, эбиэс, нэчимиэн, саахардаах сүбүөкүлэ, хелиантус үүннэриитэ.

Эттээх-үүттээх сүөһү, чооску, хой, көтөр, сылгы уонна ыҥырыа иитиитэ.

Popular posts from this blog

Sant-Albin-ar-C'hestellrsU llf|r a_ny b4xT L

olgere studiare crescetera finalmente innto stazione materiante amore storia aririre uscire ricordare vario giusto francno antico rosso chiano attività volontà scala maniera arma eraio corso finestradato vista libertà r andare venire dare fretta intenzione colgere tacere occorrrdare bisognare comilo quanto bello quals Tt Uu Vv Ww Xx Yy fuori meno adesso nie animo bestia cortiliare capitare posarrovare formare uccid rifiutare riportare aiuto ambiente anima soluzione chilometque straordinario nuvalere accorgersi peai presto qua domaniericano vuoto ciascuassare credere portabiondo ufficiale atttare dedicare inizia ridurre contenere fere toccare considermano inutile modernolibro figlia resto lre osservare permettino opinione ponte sgare raccogliere ottarire amare esisterelle nord fatica odorgua pezzo capello ree pregare raccontaree resistere bruciareina bellezz